Турок учуонайдара саха тылын чинчийэллэрин туһунан | Үмит Шахин
Vložit
- čas přidán 29. 06. 2022
- Аан дойду таһымыгар саха тылын чинчийии
Билиҥҥи түүр тылларын үөрэтии уонна чинчийии туруга. Саха тылын сайдыытын историята. 19-с үйэтээҕи саха тылыгар тылбаастаммыт итэҕэл кинигэлэрин үөрэтии туһунан тыл билимин доктара, Анкара университетын преподавателэ Үмит Шахин сэһэргээтэ.
Проект Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун кытары бииргэ оҥоһулунна.
➡️ «Сырдат» Apple подкастарыгар:
apple.co/3vBfjne
➡️ «Сырдат» Яндекска:
music.yandex.ru/album/13451110
Үмит уол дьэ сүрдээх киһи,этэҥҥэ буол Түүр омук чулуу ыччата
Бэккэ диринник Умит саха тылын баьылаабыт, сахалыы куттаах эр бэрдэ эбит. Уруй айхал, махтал, таптал улуу турок уолугар!!!
Дьэ маннай о5олоргутун, сиэннэргитин Сахалыы сацардын. Атын омук маннык сацарара олус учугэй. Ессе чинчийии ыытан тылбытын тыынын уьатыа. Ситиьиилээх улэни Умидка!
УРУЙ АЙХАЛ УРААНХАЙ САХАЛАРГА уонна ТУРАКТАРГА ✊😁 Бииргэ сайда туруохха ❤
Махтал Умитка! Кини курдук саха тылын силиьигэр дылы уерэппит киьи Дьулуруйар Ньургун Боотуру,саха фольклорун бэйэтин тылыгар переводтуура олус учугэй! Ол гынан баран кини тыла арыый дьаданы могут эбит дии бэйэтэ этэринэн. Оччого ситэ олонхобут баай тыла дьонугар тиэрдиллибэтэ хомолтолоох. Нууччалыы переводун ааган баран олох хомойбуппун ейдуубун. Наьаа дьаданы тылынан переводтаммыт этэ. Сотору сотору подобный да подобная диэн тыллар элэннэьэн олороллор этэ.
Учугэй кэпсэтии буолбут👍👍👍✊✊✊
Учүгэйдик саҥарар эбит, Умит.
Умит иннигэр элбэх ситиьиилэри👍
Оннук. Саха тылын тыынн аах хаалларыахтара дии аан дойдуга!
Сахалыы бэккэ саҥарар уол,билим дуоктара диэх курдук
Олоҥхону, чинчийиэ этэ... Олоҥхо Саха сүрүнэ....
Наьаа ыраастык сахалыы санарар. ❤
Бу Үмит саамай сөпкө эттэ, саха тыла аныгы, тыллар буккуллуутугар үөскээбит тыл, түҥ былыргы тыл буолбатах.
Сымыйа! Тун былыргы. Бастакы кэриэтэ тыл. Саха тылыттан атын тыллар бараллар, буккуьаллар.
Сахаттан ордук саҥарар, былыогы Уус-Алданныы иҥин
Туох ахаары түүр киһитэй. Саха тыла түүр тылыгар киирсибэт хата төптөрүтүн түүр тыла саха тыла арыычча киирсэр. 😂
Сахабыт сирэ, сахабыт тыла диэн этиллибэт багайы дуо ити? Саха сирбитигэр, саха тылбытыгар диэн олуона дии
Учугэй подкаст👍
Ханнык баҕарар тылга киирии атын тыл баар
турция- государство
Цру анента
Тоҕо саха тыла түүр тыла диэн быһаарбыттарый? 🤔 Саха тыла микс тыл быһылаах бытты. Монгол тыллара, санскрит тыллара барыта баар курдуктар ди.
Тыл тутула, сүрүн сыһыарыылар, сүрүн тыллар төрүттэрин ыллахха түүр тылларын иһигэр киирсэр. Ол иһин тыл билиминэн түүр тыла буолар.
Ханнык баҕар тыллар буккаастар, холобура сол туурактар тылларыгар араап уонна перс тыллара баһаам, аҥлычаан тылын германскай бөлөххө угабыт эрээри 40 % тыла пырансуустуу, 30 % латыынныы
@@user-yl6si9kv2l сөпкө этэҕин ол эрээри холобура этии тутулун көр эрэ түүр тылларыгар. Мин бүгүн күөлгэ биир балык туттум. Бэн бугүн гөлдэ бир балык туттум. Онтон саамай сүрүн тыллар, ахсааннар, өҥ ааттара. Уонна да атын тиэмэлэргэ сөп түбэһэр тыллар биир бөлөххө киирсэр. Онтон эн этэриҥ курдук ханнык баҕар тылга киирии тыл баар. Киирии тыла суох тыл аан дойдуга суох.
Монгол буотах, ити былыргы Уйгурдар тыллара, сыыhа санараллар Монгол диэн, изначально ити Монгол тыллара диир тыллар древний Уйгурскай каганат тыллара
@@uxaskit3568 мин эмиэ иннэ дии саныыбын
Это как гру шпион
Умит Саха историятын таннарытын билээхтиир, того диэтэххэ урукку учуонайдар таннары эйдээн суруйбуттар. Саха согурууттан кэлбит буотах. Наоборот Саха сириттэн согуруу биьи дьоммут барбыттара, кинилиэри Сака диэн ааттаабыттара. Олор баран Саха тылын, итэгэлин уонна культуратын таргаппыттара.
Оо бэртээхэйин да быһааран кэпсиир уол эбит. Үтүө үлэнэн дьарыктанар эбит.