САРЫАЛ БАЙЫАННАЙ - ПАТРИОТИЧЕСКАЙ ЛААҔЫР НЬУРБА ОРОЙУОНА 2023 СЫЛ

Sdílet
Vložit
  • čas přidán 17. 07. 2023
  • Хаҥалас нэһилиэгин “Сарыал” лааҕырын базата байыаннай таҥастаах оҕолорунан толору. Лааҕырга ыл да тиийэн кэлэр табыллыбат, киириигэ караул олохтонон кэлээччини барааччыны хонтуруоллуур. Строевой хаамыы, тактическай үөрэхтээһин, автоматы ыһыы, хомуйуу, бу барыта дьиҥ армия олоҕуттан туох да уратыта суох. Диссипилиинэ кытаанаах. Бу лааҕырга 10-с кылаас уолаттара ийэ дойдуну көмүскүү барарга армия олоҕун оскуола эрдэхтэн эттэринэн - хааннарынан билэллэр. Уолаттар биэс күн устата саллаат олоҕун туһунан байыаннай билиини, сатабылы иҥэринэ сылдьаллар. Сбору армияҕа сулууспалаабыт, физкультура уонна ОБЖ учууталлара иилээн-саҕалаан ыыталлар. Сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри араас үөрэхтээһин, эрчиллии, курэхтэһии күөстүү оргуйар. Күүһү уоҕу ылар дьарыктар кэннэ сэньиэ эптэллэригэр, повар 70-тан тахса оҕонуу аһатар, бигэргэммит менюнан ас арааһын астыыр, поварга нэрээттээх уолаттар илии атах буолаллар
    #трснюрба #нюрбинскийрайон #нюрба #дети

Komentáře •